Все книги автора
Все книги
Текстовые книги
2Книги Аммы Аччыгыйы можно скачать в форматах fb2, txt, epub, pdf или читать онлайн.
Войдите, чтобы оставить отзыв
Цитаты
Сааскы кэм
Текст
Микиитэ уол ийэтэ ыарытар. Сыҥаһа ыксатыгар сиргэ тэлгэммит окко үҥкүрүйэ сытан иэйэр-туойар. Микиитэ ийэтигэр дьулуһа сатыырын биир элэстэммит хатыҥыр эмээхсин ыыппат. – Эйиэхэ таҥара бырааты биэриэҕэ. Таҥараттан көрдөс, – диир ол эмээхсин. Таҥара быраат биэрээри гынарын «аҕала оҕус» диэн дуу, «биэримэ» диэн дуу: Микиитэ хайдах көрдөһүөхтээҕэ биллибэт. Кини ийэтигэр дьулуһарын эрэ билэр. – Тоойуом, һыччыыйыам, кэлимэ, – диэн ааттаһар ийэтэ